Иһинээҕитигэр көс

Лапу-Лапу

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Билэ:Lapu-lapu monument.jpg
Лапу-Лапу мэҥэтэ, Мактан арыы, Себу провинция, Филиппииннэр

Лапу-Лапу (таг. Lapu-Lapu, 14911542) — испаан колонизатордарын утары охсуспут Мактан арыы баһылыга (Филиппин арыылара), сэриигэ Магеллааны өлөрбүтүнэн биллэр киһи, Филиппин национальнай дьоруойа.

Мактан арыыга сэрии

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Португаалец Магеллаан баһылыктаах Испания эспэдииссийэтэ Себу арыы баһылыгын кытта эйэ дуогабара түһэрсэр. Бу дуогабар быһыытынан тулалыы биистэр баһылыктара бары Испания хоруолугар түһээн төлүөхтээхтэрэ. Мактаан арыы баһылыга Лапу-Лапу онтон батынар. Магеллаан Мактааҥҥа баран бу биистэри күүһүнэн күһэйэн түһээн төлөтөргө сананар. Муус устар 27 күнүгэр 1521 сыллаахха испааннар Мактааҥҥа устан тиийэллэр уонна хас да дьиэни уматаллар. Лапу-Лапу испааннарга саба түһэр уонна Фернан Магеллааны хапсыһыыга өлөрөр.

Wikimedia Commons
Wikimedia Commons
Лапу-Лапу Биики Хааһахха