Далай аан дойдутааҕы күнэ
Далай аан дойдутааҕы күнэ (ХНТ тылларынан: араб. اليوم العالمي للمحيطات, исп. Día Mundial de los Océanos, нууч. Всеми́рный день океа́нов, фр. Journée mondiale de l'océan) — ХНТ бэлиэтиир күнэ. ХНТ Генеральнай Ассамблеята 2009 сыл олунньу 12 күнүгэр олохтообута (№ A/RES/63/111 резолюция ). Сыл ахсын бэс ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр[1].
Күн кэнсиэпсийэтин бастаан Канаадаҕа баар Аан дойдутааҕы далайы туһаҕа таһаарар киин (ICOD) уонна Канаадатааҕы далай института (OIC) 1992 сыллаахха оҥорбуттара уонна Сир Саммитыгар – ХНТ кэмпириэнсийэтигэр Рио-де Жанейроҕа (Бразилия) көрдөрбүттэрэ[2]. 2002 сыллаахтан аан дойдуга «Далай» диэн бырайыак тарҕанан барбыта. Холбоһуктаах наассыйалар тэрилтэлэрэ «Далай аан дойдутааҕы күнүн» 2008 сыллаахха аан бастаан билиммитэ. Бу күнү бэлиэтээһин аан дойдуга Бигэ сайдыы соруктарын (всемирные цели устойчивого развития, ЦУР) өйүүр уонна дьон-сэргэ болҕомтотун далайы көмүскээһиҥҥэ уонна кини ресурстарын таба туһаныыга тардар[3].
Күн дэбиистэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сыл ахсын күн дэбииһэ талыллар. Кэнники сыллар дэбиистэрэ:
- 2022: «Барҕарыы: далай туһугар бииргэ хамсаныы» ("Revitalization: Collective Action for the Ocean")
- 2023: «Далай планета: Приливтэр уларыйыылара» ("Planet Ocean: Tides are Changing")
- 2024: «Саҥа дириҥнэри уһугуннарыы» ("Awaken New Depths")
Эбии маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Байҕал аан дойдутааҕы күнэ
- Ууну харайыы аан дойдутааҕы күнэ
- Тулалыыр эйгэ аан дойдутааҕы күнэ
- Кииттэр аан дойдутааҕы күннэрэ
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ Генеральнай Ассамблеятын резолюцията № A/RES/63/111
- United Nations — World Oceans Day (аҥ.)
- World Oceans Day(ааҥл.)
- https://www.un.org/ru/observances/oceans-day (нууч.)