Бэс ыйын 8
Тас көрүҥэ
Бэс ыйын 8 диэн Григориан халандаарыгар сыл 159-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 160-c күнэ). Сыл бүтүө 206 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ: Далай аан дойдутааҕы күнэ. 2022 сыллааҕы тиэмэтэ — «Барҕарыы: Далай туһугар бары бииргэ». Далай киһи уонна атын харамайдар төрдүлэрэ буоларын кэрэһилиир.[1]
- Арассыыйа — Социальнай үлэһит күнэ
- Карелия — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Норфолк арыы — «Баунти» күнэ (1856)
- Перу — Инженер күнэ
- Словения — Примож Трубар күнэ. Бу киһи (Primož Trubar, 1508-1586) словен тылынан бастакы бэчээттэммит кинигэни суруйбута
- Аан дойдуга Мэйии искэнин туһунан кэпсиир күн. «Deutsche Hirntumorhilfe eV» диэн Германия түмэт тэрилтэтэ 2000 сыллаахха мэйии искэнин эрдэ билэргэ, эмтииргэ анаан олохтообута, тэрилтэ бэйэтин сүрүн соругунан дьайыылаах эми булууну ааттыыр[2]
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 452 — Аттила салалталаах гууннар аармыйалар Италияҕа киирбит, хотугу провинциялары урусхаллаабыт, Рим куорат диэки дьулуспут[3].
- 793 — Викиҥнэр бастакытын Скандинавияттан устан тиийэн Англияҕа байҕал кытылыгар баар манастыыры халаабыттар. Бу түгэн икки үйэ уһуннаах викинг эпохатын саҕаланыытынан ааҕыллар.
- 1783 — Исландияҕа Лаки вулканын аҕыс ыйдаах эстиитэ саҕаламмыт. Вулкантан тахсыбыт дьааттаах газ сүөһү аҥаарын өлөрбүт, ону кытары мэччирэҥ үксэ күлүнэн бүрүллүбүт. Бу кэннэ сэттэ сыллаах сут буолбутугар олохтоох дьон 20 бырыһыана хоргуйан, ыалдьан өлбүт.
- 1815 — Польша саарыстыбатыгар Конституция ылыммыттар.
- 1824 — Канада Квебегиттэн сылдьар Ноа Кашинг таҥас сууйар массыынаны патеннаабыт.
- 1869 — Чикаготтан сылдьар Айвз Макгаффни пылесоһу патеннаабыт.
- 1883 — Москубаҕа Устуоруйа түмэлэ аһыллыбыт. Дьиэтэ Кыһыл болуоссакка уон сыл тутуллубут.
- 1920 — Карел үлэһит коммуната үөскээбит — РСФСР иһинэн уобалас бырааптаах тэриллии. 1923 сыллаахха Автономиялаах Карел Социалистыы Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэтэ буолбута. Бу күн Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит күнүнэн ааҕыллар.
- 1934 — ССРС-ка сууттанааччылар аймахтарыгар "судаарыстыбаны утары дьайыыны" оҥорууну үҥсүбэтэхтэрин иһин холуобунай эппиэтинэс баар буолбут. Судаарыстыбаны утары дьайыы ахсааныгар кыраныысса таһыгар күрээһин киирбитэ этэ.
- 1946 — Лондоҥҥа Кыайыы параада буолбут.
- 1958 — ССРС футболга хамаандата аан дойду чөмпүйэнээтигэр аан бастаан кыттыбыт, Англиялыын оонньоон 2:2 тэҥнэспит.
- 1960 — Лев Троцкайы өлөрбүт Рамон Меркадер Кириэмилгэ Сэбиэскэй Сойуус дьоруойун сулуһун туппут.
- 1963 — Дьокуускайга Саха АССР култуура үлэһиттэрин II сийиэстэрэ саҕаламмыт.
- 1963 — АХШ кардиологтара табаҕы утары бастакы хампаанньаны биллэрбиттэр.
- 1964 — Исландия ЮНЕСКО-ҕа киирбит.
- 1990 — Арассыыйа түмэнэ (парламена) Арассыыйа сокуоннара ССРС сокуоннарыттан үрдүктэрин туһунан сокуон ылыммыт.
- 1992 — Далай аан дойдутааҕы күнэ аан бастаан ыытыллыбыт, Рио-де-Жанейро (Бразилия) куоракка Сир саммита буолар күнүгэр.
- 2004 — Чолбон Күн бэтэрээ өттүнэн ааһыыта көстүбүт. Бу иннинэ 1882 сыллаахха ааспыт эбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1947 — Людмила Горева, 1999-2017 сс. СӨ Үрдүкү Суутун бэрэстээтэлэ.
- 1955 — Тим Бернерс-Ли, Англия учуонайа, Аан ситими айбыт киһи.
- 1963 — Сунтаар Күндэйэтигэр Ванда Игнатьева — Саха сирин омугунан састаабын чинчийэр учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 632 — Муhаммед — ислам итэҕэлин төрүттээбит киһи.
- 2009 — Александра Овчинникова, 1963—1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ. Марха улууһун (билигин Ньурба улууһун) Тыалыкы нэһилиэгэр (билигин Өктөөбүр нэһилиэгэ диэн ааттаах, киинэ Антоновка сэлиэнньэ) 1914 с. төрөөбүтэ.
- 2021 — Саха сирин уонна Сибиир омуктарын литэрэтиирэлэрин чинчийбит учуонай Николай Тобуроков (1933 с.т.)
|
- ↑ Home | World Oceans Day Website.
- ↑ "Aktive Angermünderin ausgezeichnet" (in German). Märkische Oderzeitung. 2009. Archived from the original on 16 July 2011. https://web.archive.org/web/20110716232741/http://www.moz.de/artikel-ansicht/dg/0/1/42952/?print=1&type=98&cHash=bbfd7ab15f7c72ed538f8d0a48f6fe55. Retrieved on 1 November 2010.
- ↑ Thompson, Edwarde Arthur. The Huns. People of Europe Series. Oxford: Wiley-BlackwellISBN=978-0-631-21443-4.