Ыам ыйын 28
Тас көрүҥэ
Ыам ыйын 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 148-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 149-c күнэ). Сыл бүтүө 217 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Азербайджан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1918)
- Армения — Бастакы Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1918)
- Арассыыйа, Беларусь, Кыргыстаан, Казахстаан — Пограничник күнэ
- Непал — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Хорватия — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Пакистаан — Юм-и-Такбир (Улуу күн, 1998 сыллаахха сир аннынааҕы ядернай дэлби тэбиилэри оҥорон, Пакистаан ядернай сэрии сэптээх дойдулар ахсааннарыгар киирбитэ)
- Пилипиин — Былаах күнэ
- Эфиопия — Байыаннай эрэсиим охтубут күнэ (Дерг сууллубут күнэ, 1991) [1]
- Дьахтар ыйдааҕытын кэмигэр чэбэр буолууга болҕомто уурар күн. Сорох дойдуларга гигиена сээкэйэ тиийбэтиттэн сылтаан дьахталлар ый аайы дьиэттэн тахсыбаттарын, сорох дойдуларга үгэс быһыытынан бу күннэргэ дьахтары сэниир төрүөт үөскүүрүн иһин дьоҥҥо кыһалҕаны билиһиннэрии, дьахтар санаатын көтөҕүү күнэ биллэриллибит.
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Б.э.и. 585 сыл — Күн өлүүтэ (Ый Күнү күлүктээһинэ) буолбут. Маны гириэк бөлөһүөгэ Фалес эрдэттэн суоттаан таһаарбыта. Бу күҥҥэ сыһыаран былыргы түбэлтэлэр буолбут чопчу күннэрин-сылларын ааҕан таһаарыахха сөп.
- 621 — Кытайга Хулао аттынааҕы кыргыһыы буолбут. Суй династия охтон Тан династия олоҕурбутун кэннэ буолбут сэрии түмүгэ быһаарыллыбыт, Гаозу импэрээтэр уола Ли Шимин сэриилэрэ ахсаанынан баһыйар Доу Цзяньдэ сэриитин үлтүрүппүттэр.
- 1830 — Индеецтэри көһөрүү туһунан сокуоҥҥа АХШ бэрэсидьиэнэ Эндрю Джексон илии баттаабыт, бу сокуонунан төрүт олохтоохтору сирдэриттэн матарбыттара уонна күүс өттүнэн атын сирдэргэ көһөрбүттэрэ.
- 1858 — Арассыыйа уонна Кытай икки ардыларыгар Айгун дуогабара түһэрсиллибит. Амыр өрүһүн хоту өттө Арассыыйа састаабыгар киирбит (ол иннинэ кирбии Тугуур бөһүөлэгинэн этэ, бу сахалар былыргыттан олорбут Үт үрэхтэриттэн чугас), оттон Уссури кыраайа (билиҥҥи Арассыыйа Приморьета) холбоһуктаах бас билии буолбут. Санаттахха бу кэмҥэ Иккис Опиум сэриитэ (1856-1860) буола турара, арҕаа дойдулар Кытайы мөлтөппүт кэмнэрэ этэ.
- 1871 — нэдиэлэ тухары барбыт кырыктаах кыргыыһылар түмүктэригэр Париж коммуната урусхалламмыт. 25 тыһ. коммунар өлбүт, 40 тыһ. кэриҥэ киһи хаайыыга угуллубут уонна Саҥа Каледонияҕа уонна Алжирга хаатыргаҕа ыытыллыбыт.
- 1905 — Цусима кыргыһыытыгар Дьоппуон флота Балтикаттан кэлбит Арассыыйа флотун үлтүрүппүт.
- 1937 — Билиҥҥи кэмҥэ (2019 с.) аан дойдуга саамай бөдөҥ массыына оҥорооччу хампаанньа Фольксваген тэриллибит.
- 1940 — Аан дойду Иккис сэриитэ: Бельгия нацистыы Германияҕа бэриммит.
- 1961 — Лондон "Обсервер" хаһыатыгар Питер Бененсон «Умнуллубут хаайыылаахтар» ыстатыйата тахсыбыт. Бу ыстатыйаны хас да аан дойду хаһыата хос бэчээттээбитэ. Кэлин бу күн Amnesty International диэн киһи быраабын көмүскүүр түмэт тэрилтэ үөскээбит күнүнэн ааҕыллар буолбута.
- 1976 — Москубаҕа Сэбиэскэй Сойуус уонна АХШ ыккардыларыгар сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэриилэрии ыытыы туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибит.
- 1987 — 18 саастаах Арҕаа Германия олохтооҕо Матиас Руст Сэбиэскэй Сойуус ПВО-тун итэҕэстэрин туһанан кыра сөмүлүөтүнэн Москубаҕа көтөн кэлэр уонна Кыһыл болуоссакка түһэр.
- 1998 — "Чагай-I" бырайыак чэрчитинэн Пакистан бэйэтин бастакы атомнай бомбаларын дэлби тэптэрбит. Инньэ гынан Пакистан ядернай сэрии сэбин бас билэр ахсыс судаарыстыба буолбут.
- 2006 — Баку-Тбилиси-Чэйхан ниэп турбата Чэйхаҥҥа (Туурсуйа) тиийбит.
- 2018 — Егор Борисов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана буолан бүппүт, кини оннугар Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччуннан Николаев Айсен Сергеевич анаммыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1908 — Ян Флеминг (1964 өлб.), Британия суруйааччыта, Джеймс Бонд туһунан айымньылары суруйбут киһи.
- 1952 — Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр Юрий Спиридонов — саха норуодунай худуоһунньуга.
- 1955 — Сунтаар Түбэйигэр бэйиэт, суруналыыс, түмэт диэйэтэл Иван Николаев - Уххан.
- 1983 — «Саҥа ырыа» муусука күрэһин кыайыылааҕа, СӨ култууратын туйгуна, Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо ырыаһыт Сиэйэ Уола (Виктор Иванов)[2].
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1968 — снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Фёдор Охлопков. Байаҕантай улууһун Кириэс-Халдьаайытыгар 1908 сыллаахха төрөөбүтэ. Аан бастаан бииргэ төрөөбүт быраатын кытта пулеметчиктар этэ, биир расчекка сулууспалаабыттара, быраата ыараханнык бааһыран өлбүтүн кэннэ снайпер буолбута.
- 2012 — учуонай, Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр аармыйа разведчига, кыайыыны Прагаҕа көрсүбүт Николай Самсонов. Ньурбаҕа Антоновка сэлиэнньэтигэр 1925 сыллаахха төрөөбүтэ. Дьоппуоннары кытта сэрии кыттыылааҕа, Порт-Артурга (билигин Кытай Далянь куоратын сорҕото) сэриини түмүктээбитэ.
|
- ↑ День падения военного режима в Эфиопии — 28 мая. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
- ↑ Надежда Егорова, Бүгүн Сиэйэ Уола төрөөбүт күнэ, "Саха сирэ" хаһыат саайта