Иһинээҕитигэр көс

Тохсунньу 19

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тохсунньу 19 диэн Григориан халандаарыгар сыл 19-с күнэ. Сыл бүтүө 346 күн (ордук хонуктаах сылга 347 күн) баар.

  • Беларусь Беларусь — Быыһыыр сулууспа үлэһитин күнэ
  • Техас Техас — Конфедерация дьоруойдарын күнэ уонна кинини кытта ситимнээх бэлиэтээһиннэр:
  • Исландия Исландия — Эр-ойох күнэ
  • Ииндийэ Ииндийэ (Трипура штаат) — Кокборок күнэ. Кокборок диэн Ииндийэ илин өттүгэр кыра Трипура штаакка олорор омуктар тыллара.
  • Богоявление (эбэтэр Кириһиэнньэ) уонна кинини кытта ситимнээх бэлиэтээһиннэр:
  • 1127Чжурчжень диэн көс биистэрэ Кытай ыраахтааҕыларын билиэҥҥэ ылбыттар.
  • 1388Дмитрий Донской улахан уола Василий Москубаҕа төннөн кэлбит. Тохтамыш Дмитрий Донскойу Москуба улуу кинээһинэн аныырыгар бу уолу оҕо эрдэҕинэ Ордууга аманаатынан илдьэ барбыт эбит. 1986 сыллаахха 14 саастааҕар молдавааннарга күрэппиттэр. Москубаҕа төннөн кэлиитин нөҥүө сылыгар (1389 сыл сааһа) аҕата өлбүтүгэр Москуба улуу кинээһинэн анаммыта, 26 сыл баһылыктаан олорбута, Ордууга түһээн төлүүрэ.
  • 1829Гете «Фауст» оператын премьерата буолбут.
  • 1839 — Британия Ост-Ииндийэ хампаанньата Адены баһылаабыт.
  • 1853Джузеппе Верди «Трубадур» операта аан бастаан Римҥэ турбут.
  • 1915 — Ньиэмэс цеппелиннэрэ Грейт-Ярмут уонна Кингс-Линн диэн Британия куораттарын буомбалаабыттар. Сүүрбэттэн тахса киһи өлбүт. Бу гражданскай эбийиэктэри аан дойдуга бастакы бөдөҥ буомабалааһын этэ.
  • 1918 — Арассыыйа импиэрийэтэ сууллубутун кэннэ дойду судаарыстыбаннай тутулун быһаарыахтаах норуоттан талыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы Олохтуур мунньаҕы (Всероссийское учредительное собрание) бассабыыктар ыспыттар. Мунньах дьокутааттара түүн хойукка диэри үлэлии олордохторуна кинилэри харабыллыыр саллааттартан биирдэстэрэ матрос Железняков киирэн кэлбит уонна эппит: "Мунньаҕы тохтоторго көрдөһөбүн! Караул сылайда уонна утуйуон баҕарар...".
  • 1937 — Дьокуускайга култуура үлэһиттэрин бэлэмниир орто анал үөрэх кыһата — культпросвет оскуола (билигин Култуура уонна ускуустуба кэллиэһэ) аһылларын туһунан Саха АССР Наркомпроһун бирикээһэ тахсыбыт.
  • 1942 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр дьоппуоннар Британия Ииндийэтин састаабыгар киирэр Бирмаҕа (Мьянмаҕа) кимэн киириини саҕалаабыттар.
  • 1960 — Дьоппуон уонна Америка Холбоһуктаах Штааттара Хардарыта куттал суох буолуутун туһунан дуогабар түһэрсибиттэр. Бу кыттыгастыы дуогабар билиҥҥээҥҥэ диэри күүһүгэр сылдьар.
  • 1963 — «Битлз» бөлөх улахан сэҥээриини ылбыт бастакы кэнсиэрэ Лондоҥҥа «Палладиум» эстрада тыйаатырыгар буолбут. Бөлөх 1957 төрүттэммитэ. Б кэнсиэри биир сыл буолан баран АХШ тэлэбиидэнньэтэ көрдөрбүтэ, ол кэнниттэн аан дойдуга битломания саҕаламмыта[1].
  • 1966 — 1947-1964 сылларга дойдуну салайбыт Ииндийэ бастакы премьер-миниистирин Джавахарлал Неру кыыһа Индира Ганди бэйэтэ премьер-миниистир буолбут. Кини бу солоҕо олорон Ииндийэни 1966-1977 уонна 1980-1984 сылларга салайбыта.
  • 1974 — Соҕуруу Кытай байҕалыгар Кытай уонна Соҕуруу Вьетнам флоттарын күөн көрсүһүүлэрин кэннэ Кытай мөккүөрдээх Парасель арыыларын бас билбит. Билигин бу арыылары Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтиттэн Вьетнам уонна Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань) былдьаһаллар.
  • 1992 — СӨ Тас ситимнэрин министиэристибэтэ тэриллибит.
  • 1993 — ПНО «Якуталмаз» баайын-дуолун уонна сирдэрин, сир анныгар баар баайдары арендалааһын туһунан дуогабарга илии баттаммыт. 10-тан тахса сыл тухары бу аренда төлөбүрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүн улахан аҥаарын хааччыйар этэ.
  • 2010 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев ыйааҕынан, федеральнай уокуруктар ахсааннара уларыйбыт (8 буолбут), Соҕуруу федеральнай уокурук састаабыттан Хотугу Кавказтааҕы федеральнай уокурук туспа араарыллыбыт.
  • 2023Исидор Барахов үбүлүйүөн көрсө А.Амбросьев–Сиэн Мунду үлэтэ «Исидор Барахов» кинигэ ЖЗЛ сиэрийэҕэ тахсыытын биһирэмэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр буолбут.
  1. https://ysia.ru/etot-den-v-kalendare-19-yanvarya-5/