Тохсунньу 13
Тас көрүҥэ
Тохсунньу 13 диэн Григориан халандаарыгар сыл 13-с күнэ. Сыл бүтүө 352 күн (ордук хонуктаах сылга 353 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Арассыыйаҕа, Беларуська, Украинаҕа, Сербияҕа, Черногорияҕа, Хотугу Македрнияҕа Эргэ Саҥа Дьыл бэлиэтэнэр. Арассыыйа импиэрийэтэ 1918 сыллаахха диэри бөдөҥ алҕастаах Юлиан халандаарынан олорбута. Ол халандаар сыл ахсын хастыы да чаас айылҕа дьиҥнээх халандаарыттан куоттаран иһэрэ, онон 19 үйэ тухары 13 хонугунан хаалбыта. Атын дойдулар ордук чопчу Григориан халандаарыгар эрдэ 1582 сылтан саҕалаан сыыйа бары көспүттэрэ
- Арассыыйа — Арассыыйа бэчээтин күнэ (РСФСР Үрдүкү Сэбиэтэ 1991 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр бэлиэтэнэр Сэбиэскэй бэчээт күнүн оннугар олохтообут)
- Ииндийэ, Ассам штаат — Урука
- Ииндийэ, Андхра-Прадеш штаат — Бхоги (Тамил Наду)
- АХШ — Стивен Фостер күнэ
- Монголия — Конституция күнэ
- Кабо-Верде — Демократия күнэ
- Литва — Көҥүлү көмүскээччилэри кэриэстиир күн (1991)
- Ииндийэ, Пенджаб, Химачал-Прадеш, Харьяна штааттар — Лори
- Того — Босхолонуу күнэ
- Бербердэр — Йеннайер, саҥа дьыл
- Соҕуруу уонна Соҕуруулуу Илин Азия — Күн кыһыҥҥы туруутун иннинээҕи күнү бэлиэтииллэр
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 532 — Византия Импиэрийэтин киин куоратыгар Константинопольга ипподромҥа колесница сүүрдүүтүн кэмигэр «Ника» диэн ааттаммыт былааһы утары бөдөҥ долгуйуу саҕаламмыт. Долгуйууну аармыйа хам баттаабытыгар элбэх хаан тохтубута биллэр.
- 1703 — Петр I ыйааҕынан нуучча бастакы хаһыата «Ведомости» тахсыбыт.
- 1852 — (урукку истиилинэн тохсунньу 1 күнүттэн) Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарыллыбыт, Илин Сибиир күбүрүнээтэристибэтигэр күбүөрүнэ бырааптах туспа уобалас (самостоятельная область на правах губернии) буолбут. Онон Саха сиригэр бастакы күбүрүнээтэр Константин Григорьев анаммыт. Быһаарыныы сыл аҥаарын инниттэн 1851 сыл от ыйын 11 күнүгэр (саҥа истиилинэн от ыйын 23 күнэ) ылыныллыбыт эбит: ол күн "Саха уобалаһын салайыы туһунан" балаһыанньа бигэргэммит.
- 1874 — Арассыыйа аарымыйатыгар рекрутунан хомуур оннугар ыҥырык хомуур (призывтаах хомуур) олохтоммут. Ол саҕана нуучча аарымыйатыгар киристиэс итэҕэллээх дьон уонна иудейдэр ыҥырыллаллара, оттон мусульманнар, буддистар, көс туора урдустар (инородецтар) ыҥырыллыбаттара. Сатыы сэриигэ сулууспа болдьоҕо 6 сыл, оттон флотка 7 сыл этэ.
- 1900 — Чиэхтэр омугумсуйууларын суох гынаары Франц Иосиф ыраахтааҕы Австро-Венгрия аарымыйатын тылынан ньиэмэс тыла буолар диэн ыйаах таһаарбыт.
- 1906 — Арассыыйа Ис дьыалатын миниистирэ Петр Дурново Саха уобалаһын губернаторыгар Виктор Булатовка ыйыытыгар премьер-миниистир Сергей Виттеҕэ ыытыллыбыт тэлэгэрээммэҕэ илии баттаабыт Сахалар сойуустарын кыттыылаахтарын барыларын түргэнник тутарга, хаайарга уонна эппиэккэ тардарга модьуйбут. Тохсунньу 5 күнүгэр Сахалар сойуустарын Киин Кэмитиэтэ туох баар түһээннэртэн уонна төлөбүрдэртэн батынарын туһунан Арассыыйа премьер-миниистиригэр тэлэгэрээмэнэн биллэрбитэ.
- 1910 — Нью-Йоркка аан дойду устуоруйатыгар бастакы аһаҕас араадьыйа эпиирэ буолбут. Метрополитен-уопараттан Cavalleria rusticana уонна Pagliacci диэн уопаралар тыыннаах толоруулара трансляцияламмыттар.
- 1940 — Хотугу Муустаах далайга сэбиэскэй ледокол «Георгий Седов» аатырбыт 812 хонуктаах Аартыкаҕа дрейфэтэ түмүктэммит.
- 1953 — «Правда» хаһыакка биллиилээх быраастары, сүнньүнэн дьэбириэйдэри, сэбиэскэй салайааччылары сүһүрдэн өлөрөөрү сылдьаллара билиннэ диэн буруйдуур ыстатыйа тахсыбыт.
- 1991 — Сэбиэскэй аарымыйа Литваҕа Вильнюска дэмэстэрээссийэни хам баттаабыт, 14 киһи өлбүт, 1000 кэриҥэ киһи бааһырбыт.
- 2002 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин талыытын иккис туура буолбут. Вячеслав Штыров 59,2% куолаhы ылан кыайбыт, иккис буолбут хандьыдаат Федот Тумусов 34,6% ылбыт, барыларын утары — 3,89%, уопсайа быыбардааччы 75,54%-а куоластаабыт. Штыров бу солоҕо икки болдьоххо 8 сылтан ордук олорбута.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1909 — Василий Попов — Нам улууһун Хатырык нэһилиэгиттэн төрүттээх биллиилээх олоҥхоһут, ырыаһыт.
- 1981 — Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр Ньургуйаана Шадрина — Саха тыйаатырын артыыһа, киинэ артыыһа.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1972 — Лука Харитонов — I Атамай нэһилиэгиттэн (билигин Горнай улууска киирэр) төрүттээх тылы чичнчийээччи, филология билимин дуоктара, профессор, РСФСР уонна Саха АССР билим үтүөлээх диэйэтэлэ. Кини саха тылын фонетикатыгар, морфологиятыгар үлэлэрэ аныгы саха тылын кырамаатыкатын тулааһыннарыттан биирдэстэрэ буолаллар.
- 2010 — Надежда Николаева — учуонай, музыковед, хандьыдаакка диссэртээссийэтэ олоҥхоҕо уонна саха оператын олоҕуруутугар анаммыта.
|