Муус устар 3
Тас көрүҥэ
Муус устар 3 диэн Григориан халандаарыгар сыл 93-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 94-c күнэ). Сыл бүтүө 272 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Гвинея — Иккис Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1984).
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 686 — Юкнум Йичаак К'ахк диэн киһи Калакмуль диэн майя омук икки судаарыстыбатыттан биирдэстэрин (атын аата Моҕой саарыстыбата) хоруола буолбут.
- 801 — Сиэрдээх Людовик (фр. Louis le Pieux, ниэм. Ludwig der Fromme) Барселонаны хас да ый төгүрүктээн маврдартан былдьаабыт.
- 1502 — Христофор Колумб төрдүс эспэдииссийэтэ саҕаламмыт.
- 1882 — Народоволец Степан Халтурины Одесса байыаннай борокуруорун өлөрбүтүн иһин сууттаан өлөрбүттэр. Дьокуускайга бу ыраахтааҕыны өлөрө сатаан Зимнэй дыбарыас харабынайдарын өлөрбүт киһи аатынан уулусса баар.
- 1922 — Иосиф Сталин РКП(б) Киин кэмитиэтин бастакы генеральнай сэкиритээрэ буолбут.
- 1924 — Саха АССР совнаркома Биирдэһиллибит үлэ оскуолатын устаабын Саха сиригэр ылынар туһунан уураах таһаарбыт («О введении в ЯАССР устава Единой трудовой школы»). Бу устаабы РСФСР совнаркома 18.12.1923 бигэргэппитэ, устаап оскуола олоҕун саҥаттан дьаарыстаабыта: оҕолор 8 саастарыттан 12-лэригэр диэри бастакы сүһүөх, 12-17 саастаахтар иккис сүһүөх оскуолаҕа үөрэнэр буолбуттара, учууталлары оскуола үлэһитэ (кылгатан шкраб) диэн ааттыыллара. Оҕону накаастыыр бобуллубута. Маны таһынан устаап чааһынай үөрэхтээһини кытта охсуһууга өҥөлөөх[1].
- 1927 — Москубаҕа саха устудьуоннарын түмсүүлэригэр этнограф Гавриил Ксенофонтов саха төрдүн туһунан дакылаат аахпыт. Атырдьах ыйыгар бу дакылаат "Автономная Якутия" хаһыакка бэчээттэммит.
- 1933 — сэбиэскэй хирург Юрий Юрьевич Вороной Херсоҥҥа аан дойдуга бастакынан өлбүт киһи бүөрүн тыыннаах киһиэхэ көһөрөн олордубут.
- 1941 — Үһүс өрөспүүбүлүкэтэҕи хайыһарга күрэхтэһии «бүгүн эн хайыһардьыккын, онтон сарсын Сэбиэскэй Армия саллаатаҕын» диэн девизтээх ыытыллыбыт. Бүлүү, Горнай, Дьокуускай, Чурапчы, Хаҥалас, Таатта улуустара уонна киин куораттан икки хамаанда кыттыбыт. 10 км военизированнай сүүрүүгэ саха национальнай байыаннай оскуолатын курсаана Василий Брицкэй бастаабыт, иккискэ эмиэ бу оскуола младшай хамандыыра Федор Федоров тахсар. 20 км сиргэ Дьокуускайдааҕы маҥнайгы оскуола учуутала Н.Афанасьев, оттон 30 км кыайыылааҕынан эмиэ армеец Брицкэй тахсар.
- 1942 — Аан дойду иккис сэриитэ: дьоппуон сэриилэрэ Бата-ан тумул арыыга АХШ уонна Филипиин сэриилэрин утары кимэн киириини саҕалаабыттар.
- 1948 — АХШ бэрэсидьиэнэ Гарри С. Трумэн Маршалл былаанын бигэргэтэн, 5 миллиард дуоллары 16 дойдуга көмө быһыытынан ыытарга уураахтаабыт.
- 1959 — Миирнэй бөһүөлэгэ өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи куорат стаатуһун ылбыт (1965 с. Миирнэй оройуонун киинэ буолбут).
- 1963 — Саха сирин суруйааччыларын сойууһун икки күннээх V сийиэһэ аһыллыбыт.
- 1966 — сэбиэскэй Луна-10 станция аан дойдуга бастакынан Ый тула орбитаҕа тахсыбыт.
- 1976 — Франция киинэтин национальнай бириэмийэтэ "Сезар" ("Европа Оскара") аан бастаан туттарыллыбыт. Дьүүллүүр сүбэ бэрэстээтэлэ аатырбыт артыыс Жан Габен этэ.
- 1979 — КНР салалтата ССРС-тыын 1950 сыллаахха түһэрсиллибит доҕордоһуу уонна көмөлөсүһүү сөбүлэҥин уһаппатын туһунан биллэрбит.
- 2010 — Apple Inc. хампаанньа бастакы iPad планшетын таһаарбыт.
- 2016 — Панаама оффшор зонатыгар бэлиэтэммит 214 488 хампаанньа докумуоннара аан ситимҥэ аһаҕастык бэчээттэммиттэр, аан дойдуга бөдөҥ айдаан тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1904 — Любовь Ришес (03.04.1904—1971) — филология билимин кандидата, тунгусовед
- 1908 — Эргис — Георгий Гермогенов (09.06.1968 өлб.) — филология билимин кандидата
- 1916 — Василий Семенов (07.10.1977 өлб.) — Ойуунускай айар үлэтин үөрэппит чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата, литературовед.
- 1926 — Воля Луконина — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, геолог.
- 1936 — Михаил Шергин, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх педагога, физмат кылаастары төрүттэспит Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай наука кандидата, Чурапчы улууһун уонна улуус Кытаанах нэһилиэгин ытык киһилэрэ.
- 1950 — Марфа Колесова-Расторгуева — ырыаһыт, РФ үтүөлээх артыыһа.
- 1981 — Оксана Васильева — WIBF барылынан профессиональнай боксаҕа аан дойду чөмпүйүөнэ, кикбоксиҥҥа аан дойду чөмпүйүөнэ, боксаҕа любителлэр истэригэр Европа уонна Россия чөмпүйүөнэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1897 — Иоганнес Брамс (ниэм. Johannes Brahms, 1833 төр.) — ньиэмэс композитора, дирижера уонна пианииһа, муусукаҕа романтизм кэмин биир сүрүн бэрэстэбиитэлэ.
|
- ↑ Музей истории российских реформ: Законы о начальном и среднем образовании.