Бэс ыйын 24
Тас көрүҥэ
Бэс ыйын 24 диэн Григориан халандаарыгар сыл 175-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 176-c күнэ). Сыл бүтүө 190 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Азербайджан — Массыына оҥорор бырамыысыланнас күнэ
- Латвия, Эстония — Ян күнэ
- Литва — Иван Купала
- Перу, Боливия, Эквадор — Инти Райми, Инкалар импиэрийэлэригэр Кыһыҥҥы Күн туруутун кэмигэр саҥа дьылы бэлиэтииллэрэ.
- Шотландия — Тутулуга суох буолуу күнэ[1]
- Эквадор — Сан-Хуан Баутиста[2]
- Конго Өрөспүүбүлүкэтэ — Балык күнэ
- Чувашия: Чувааш Өрөспүүбүлүкэтин күнэ (чуваш. Чăваш Республикин кунĕ). 1920 сыллаахха бу күн Казань уонна Симбиирскэй күбүөрүнэлэр сорох сирдэриттэн Чувааш аптаныамыйалаах уобалаһа үөскэтиллэрин туһунан ВЦИК уонна СНК дэкириэттэрэ тахсыбыт
- Канаада, Квебек — Квебек күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1542 — Конкистадор Франсиско де Орельяна этэрээтэ Соҕуруу Америкаҕа улахан өрүһүнэн устан истэҕинэ кинилэргэ сэрииһит дьахталлар саба түспүттэр. Ол иһин бу өрүһү Амазонка диэн ааттаабыттар.
- 1812 — Наполеон Улуу Аармыйата Неман өрүһүн туораан Арассыыйа Импиэрийэтин сиригэр киирбит.
- 1922 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ өрөпкүөмүн бэрэстээтэлэ П. А. Ойуунускай байыаннай хирург Иван Скрябины Саха өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын сэбиэдиссэйинэн аныыр (кэлин Саха АССР доруобуйа харыстабылыгар бастакы наркома буолар). Бу Илин Хаҥалас Дьөппөнүттэн төрүттээх киһи Бастакы аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, ньиэмэс билиэнигэр сылдьыбыт киһи этэ.
- 1925 — Алданзолото трест тэриллиитин туһунан СТО ССРС уурааҕа тахсыбыт.
- 1941 — Совинформбюро сэрии хаамыытын биллэрэр буолбут.
- 1945 сыллаахха Москубаҕа Кыайыы параада буолбута. Бу параадка Саха сириттэн 14 киһи кыттыбыта.
- 1947 — Америка олохтооҕо Кеннет Арнольд "көтөр тэриэлкэни" көрбүт. Бу сонун киэҥник тарҕаммыт уонна НЛО-ҕа дьон кэрэхсэбилин тарпыт.
- 1950 — Соҕуруу Африкаҕа расалары араарар сокуону ылбыттар.
- 1968 — Бастакы Манчаары оонньуулара Дьокуускайга саҕаламмыттар. Икки күн иһигэр атах оонньууларыгар, мас тардыһыытыгар, гиирэни анньыыга, хапсаҕайга уонна оҕунан ытыыга 12 улуустан 253 спортсмен кыттыбыт.
- 1989 – 1989 сыллаахха Тяньаньмэнь болуоссатыгар буолбут бырачыастар кэннилэриттэн Кытай хомуньуус баартыйатын Цзян Цзэминь баһылаабыт.
- 1990 — Виктор Цой уонна «Кино» бөлөх тиһэх кэнсиэрэ, Лужники стадиоҥҥа буолбута.
- 1994 — ЕС Сэбиэтин сиэссийэтигэр кыттыбыт РФ бэрэсидьиэнэ Ельцин Арассыыйа уонна Европа Сойууһун ыккардыларыгар сөбүлэҥҥэ илии баттаабыт. Бу сөбүлэҥ ахсынньы 1 күнүттэн олоххо киирбитэ, кини иһинэн Арассыыйа уонна ЕС ыккардыларынааҕы үлэлэһии Сэбиэтэ уо.д.а. уорганнар тэриллибиттэрэ.
- 2008 — бэс ыйын 24-25 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһугар Исидор Барахов төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэ ыһыаҕа буолбут. Ыһыахха СӨ бэрэсидьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Айсен Николаев ыалдьыттаабыт, Харбалаахха Бараахап мэҥэтигэр сибэкки уурбут.
- 2013 — «Синет» хамаандата inDriver сулууспаны тэрийбит — суоппардар уонна пассажирдар бэйэ-бэйэлэрин булар сиэрбистэрин.
- 2013 — Хаҥалас улууһун Сиинэ сэлиэнньэтигэр икки үс саастаах кыыс сүппүттэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ улахан сүпсүлгэн буолбута, элбэх киһи көрдөөбүтэ, СӨ Ил Дархана 1 мөлүйүөн солкуобай манньа мэктиэлээбитэ, экстрасенстар утарыта ис хоһоонноох этиилэри оҥорбуттара. Оҕолор көстүбэтэхтэрэ.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1827 — Дмитриан Попов (29.04.1896 өлб.), Саха сиригэр үлэлээбит аҕабыыт, тылбаасчыт, учуутал. Кини дьонуттан хаалбыт уонна биэс уонча сыл бэйэтэ суруйбут саха тылын быһаарыылаах тылдьытын Пекарскайга биэрбитэ.
- 1925 — Петр Решетников (09.09.1960 өлб.) — Саха тыйаатырын уонна киинэ артыыһа.
- 1948 — Аркадий Самойлов — композитор, Арассыыйа композитордарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 2014 — Наталья Трапезникова, биллиилээх ырыаһыт, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
|