Иһинээҕитигэр көс

Бэс ыйын 10

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс ыйын 10 диэн Григориан халандаарыгар сыл 161-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 162-c күнэ). Сыл бүтүө 204 күн баар.

  • Модерн аан дойдутааҕы күнэ. Архитектуураҕа, живописька, поэзияҕа, музыкаҕа уо.д.а. модерн истиилин дьоҥҥо билиһиннэрээри бэлиэтэнэр. Аан бастаан 2013 с. Венгрияҕа бэлиэтэммитэ, кэлин Европа дойдулара уонна тэрилтэлэрэ өйөөбүттэрэ. Бу күн истиил икки уһулуччулаах бэрэстэбиитэлэ өлбүттэр эбит: Антонио Гауди уонна Эден Лехнер.
  • Геральдика аан дойдутааҕы күнэ.
  • 671 — Япония импэрээтэрэ Тэндзи уу чаһытын (клепсидраны) Оцу диэн киин куоратыгар туруортарбыт.
  • 1190Үһүс кириэстээх бохуот: Фридрих I Барбаросса аармыйатын Иерусалимҥа илдьэн иһэн Салеф үрүскэ тимирэн өлбүт.
  • 1793Франция өрөбөлүүссүйэтэ: жирондистар басханнарын тутаттаан баран якобинецтар былааһы ылбыттар, өрөбөлүүссүйэ диктатуратын олохтообуттар.
  • 1807Гейльсберг кыргыһыыта (фр. La bataille d'Heilsberg) — Илин Пруссия Гейльсберг куоратын аттыгар (билигин Польша Лидзбарк-Варминьски куората) Наполеон I хамаандалаах француз аармыйатын уонна Л. Л. Беннигсен хамаандалаах нуучча аармыйатын ыккардыгар буолбут кыргыһыы. Хайалара да кыайыыны ситиспэтэҕэ, французтар 12 600 саллааты сүтэрбиттэрэ (1398 өлбүтүнэн, 10 359 бааһырбытынан, 864 билиэн түбэспитинэн), нууччалар — 6000 кэриҥэ киһини (өлбүтүнэн 2000).
  • 1846Лондоҥҥа Шотландияттан төрүттээх Роберт Уильям Томсон пневматическай шинаҕа патент ылбыт. Ол эрэн маннык "салгыннаах шина" бу кэмҥэ тарҕамматах. Кэлин 1887 сыллаахха эмиэ шотландец Джон Данлоп бэлисипиэт көлөһөтүгэр пневматическай шина олордору тобулбутугар дьэ тарҕаммыт.
  • 1865 — Мюнхеҥҥа Рихард Вагнер «Тристан уонна Изольда» оператын аан бастаан көрдөрбүттэр.
  • 1891Араҥы утары эми көрдүүр Англия дьахтара Кэтт Марсден кыра этэрээтэ Дьокуускайтан Бүлүүгэ айаннаабыта.
  • 1909 — Устуоруйаҕа бастакы SOS сигналы "Славония" диэн ааттаах Улуу Британия суудуната Азор арыыларыттан ыыппыт. Бу суудунаҕа айаннаан испит дьон бары быыһаммыттар.
    • Канберра куорат олохтоммут — Австралия Союһун киинэ.
  • 1917 — Украина Киин Раадата Универсал «К украинскому народу на Украине и вне Украины сущему» диэн докумуону ылыммыт. Бу докумуон Украина автономиятын олохтообут.
  • 1922Төхтүрдээҕи кыргыһыы буолбут, үрүҥнэр соҕурууҥҥу бөлөхтөрө урусхалламмыт.
  • 1936ССРС-ка «Союздетмультфильм» киностудия олохтоммут (кэлин «Союзмультфильм»).
  • 1940Италия Францияҕа уонна Улуу Британияҕа сэриини биллэрбит.
  • 1945 — 1-гы, 2-с Белоруссия уонна 1-гы Украина фроннарын чаастарыттан Германиятааҕы оккупациялыыр сэбиэскэй сэриилэр бөлөхтөрө олохтоммут.
  • 1962 — ССКП КК президиума Куубаҕа сэбиэскэй ракеталар баазаларын олохтуур туһунан быһаарыы ылбыт («Анадырь» эпэрээһийэ).
  • 1967 — биир өттүттэн Израиль, иккис өттүттэн Эгиипэт, Сиирийэ, Иордания, Ираак уонна Алжир ыккардыларынааҕы Алта хонуктаах сэрии араабтар коалицияларын Израиль кыайыытынан түмүктэммит.
  • 1996 — «Интел» холбоһук «Pentium II» процессоры атыыга таһаарбыт.
  • 2003 — Spirit марсоход көтүтүллүбүт, NASA Хатааһын Чолбонун (Марсы) үөрэтэр чинчийиитэ саҕаламмыт.
  • 1868Виктор Курнатовскай — өрөбөлүссүйэниэр, Латвияҕа төрөөбүт нуучча бастакы марксистарыттан биирдэстэрэ, Дьокуускайга көскө олорон сэбилэниилээх өрө турууну тэрийэ сатаабытын иһин Забайкальеҕа хаатыргаҕа ыытыллыбыта.
  • 1909 — Марха улууһун II Бордоҥ нэһилиэгэр Степан Бордонскай — «Кыым» 1938-39 сс. эрэдээктэрэ, Саха АССР Араадьыйатын 1952-53 сс. бэрэстээтэлэ, хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ. Кэлин Хакасияҕа уонна Чита куоракка үлэлии сылдьыбыта.
  • 1915Сол Беллоу (2005 өлб.), АХШ суруйааччыта, Нобель бириэмиэйтин лауреата (1976).
  • 1954Егор Жирков — бэлиитик, түмэт дьайыксыт, педагогика билимин дуоктара.
  • 1956Розалия Бравина — саха былыргы култууратын чинчийээччи, сахалар көмүүлэрин сиэрин-туомун туһунан суруйууларынан киэҥник биллэр устуоруйа билимин дуоктара, профессор.
  • 1958 — Үөһээ Бүлүүгэ биллиилээх педагог дьиэ кэргэнигэр Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия өр сыллаах дириэктэрэ, философия билимин хандьыдаата Николай Чиряев төрөөбүт (2018 с. өлб.).
  • Б.э.и. 323 сыллааххаАлександр Македонскай (б.э.инн. 356 с. төр.), Былыргы Греция сэрииһитэ.
  • 1988 — Николай Бойлохов (10.03.1929 төр.) — саха биллиилээх мелодиһа. Норуокка киэҥник биллибит "Туллуктар", "Тыыннаахтар умнубат сыллара" ырыалар ааптардара.
  • 2008Чингиз Айтматов (1928 төр.), суруйааччы. Кини айымньылара сахалыы тылбаастаммыттара, Саха тыйаатырын сыанатыгар турбуттара.
  • 2009Евдокия Коркина (17.12.1917 төр.) — биллиилээх тюрколог, РСФСР наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, тыл үөрэҕин билимин дуоктара. Саха сиринээҕи тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа институтун салайбыта.


  1. https://xn--b1aew.xn--p1ai Архыыптаммыт 2022, Муус устар 28 күнүгэр.
  2. День пограничных войск Молдовы — 10 июня. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010
  3. День часов в Японии. | OUTLOOK
  4. IRNA English - World Handicrafts Day; Chaleshtar Carpet