Балаҕан ыйын 27
Тас көрүҥэ
Балаҕан ыйын 27 диэн Григориан халандаарыгар сыл 270-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 271-c күнэ). Сыл бүтүө 95 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ. Бу күн 2009 с. дылы суверенитет күнэ диэн ааттаах этэ.
- Аан дойдутааҕы туризм күнэ
- Азербайджан — Өлбүт сэрииһиттэри ахтыы күнэ[1].
- Арассыыйа — Оскуола иннинэ үөрэтии үлэһиттэрин күнэ
- Бельгия — Боронсуустуу саҥарар дьон күннэрэ[2].
- Мадагаскар — Викентий де Поль күнэ. Бу 1581 сыллаахха төрөөбүт католик аҕабыыта Мадагаскаарга быһаччы туох сыһыаннааҕа биллибэт, үһүйээн быһыытынан, Африкаҕа Туниска кулуттуу сылдьыбыт кэмнээх, кэлин Францияҕа төннөн баран дьадаҥыларга уонна ыарыһахтарга көмөтүнэн биллибитэ.
- Монголия — Телевидение күнэ
- Польша — Польша кистэлэҥ судаарыстыбатын күнэ. Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр оккупацияламмыт Польшаҕа утарылаһыы хамсааһынын ахталлар
- Түркменистаан — Тутулуга суох буолуу күнэ. 1991 сыл алтынньы 27 күнүгэр Туркменистааҥҥа тутулуга суох буолуу туһунан сокуон ылыныллыбыта (ССРС өрөспүүбүлүкэлэриттэн бүтэһиктэр ахсааннарыгар), сыл ахсын ол күн бэлиэнэрэ, ол эрээри 2018 сыллаахтан биир ыйынан эрдэ бэлиэтэнэр буолбута.
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1066 — сыл саҥатыгар Эдуард Исповедник диэн Англия хоруола өлбүтүн кэннэ кини ырааҕынан аймаҕа Нормандия герцога Вильгельм (кэлин Вильгельм Сэрииһит диэн ааттаммыта) салалталаах нормааннар Сомма өрүс төрдүттэн араҕан Англияны сэриилии аттаммыттар. Вильгельм Сэрииһит сотору кэминэн Англия хоруола буолбута.
- 1529 – Осмаан импиэрийэтин султаана Сулейман I Венаҕа саба түспүт. Сүүрбэччэ хонук куораты ыла сатаан баран халлаан тымныйан султаан Константинопольга төннүбүт. Габсбурдар уонна Осмааннар импиэрийэлэрин ыккардыгар балтараа үйэ тухары буолбут тыҥааһыннаах утарыта туруу саҕаламмыт.
- 1669 — Крит арыытыгар Кандия диэн Венеция кириэппэһэ 21 сыллаах осада кэнниттэн осмааннарга бэриммит. Бу осада аан дойду устуоруйатыгар саамай уһун ситиһиилээх осада буолар. Осмааннар кириэппэһи сир өттүттэн төгүрүктээбиттэрин да иһин, Вененция хараабыллара Кандияны байҕалынан көҥүллүк хааччыйа сылдьыбыттар.
- 1822 — Жан-Франсуа Шампольон Розетта тааһын суруктарын аахпытын туһунан Франция суругун-бичигин академиятыгар кэпсээбит[3]. Бу гранодиорит диэн хара көһөҥө тааска Эгиипэккэ Птолемейдар (гириэктэр) баһылаан олорор кэмнэригэр б. э. и. 196 сыллаахха икки тылынан (эгиипэт уонна былыргы гириэк) тиэкис суруйбуттар. Бу таас былыргы Эгиипэт иероглифтарын ааҕарга сүрүн төһүү буолбута.
- 1863 — Санкт-Петербургка Софья Люгебиль Арассыыйаҕа бастакы уһуйааны тэрийбит.
- 1900 — Чурапчы улууһун Арыылаах орто оскуолата аһыллыбыт. Манна бастакы үөрэнээччилэр истэригэр Иван Винокуров — кэлин Саха АССР Совнаркомун бэрэстээтэлэ, Алексей Бояров — кэлин үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын наркома, биллиилээх тылбаасчыт бааллар эбит.
- 1925 — Алдан 1 № орто оскуолата аһыллыбыт.
- 1940 — Берлиҥҥэ Германия, Италия уонна Япония Үс өрүттээх пакт түһэрсибиттэр.
- 1959 – Вера эбэтэр Исеван диэн ааттаммыт Японияҕа саамай улахан тайфун 5000 кэриҥэ киһи олоҕун быспыт.
- 1965 — ССРС-ка совнархозтар суох буолбуттар.
- 1985 — Николай Рыжков ССРС миниистирдэрин сэбиэтин бэрэстээтэлэ буолбут. Сэбиэскэй Сойууска Михаил Горбачев бэлиитикэ реформатын салайбыт буоллаҕына, бу киһи экэниэмикэ реформатын салайбыта.
- 1990 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сүбэринитиэтин Декларацията ылыныллыбыт. Декларация сүрүн ис хоһооно — өрөспүүбүлүкэ иһигэр кини бэйэтин сокуоннара баһыйалларын бигэргэтии. Ол саҕана олох-дьаһах улаханнык айгыраабыт ыарахан кэмигэр экэниэмикэни быыһыыр, дьон олоҕун бүтэһиктээхтик алдьанарыттан көмүскэнэр туһугар ылыллыбыт дьаһал диэххэ сөп. Ол эрэн декларация суолтата киэҥ уонна дириҥ, экэниэмикэ айгырааһыныттан быыһанар эрэ суолтатынан муҥурдаммат.
- 1991 — XXII ВЛКСМ суһал сийиэһигэр комсомолу эһэргэ диэн быһаарыы ылыллыбыт. Итиэннэ пионерия тэрилтэтэ эмиэ эстибитэ.
- 1993 — Абхазия сэриитин кэмигэр (1992-93) Сухуми куоракка грузиннары маассабайдык өлөрүү буолбут.
- 1996 — Кабулу талибтар сэриилээн ылбыттар. Афганистан Ислам эмираата диэн ааттаммыт. Афганистан Демократтыы Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин Мохаммад Наджибулланы ыйаан өлөрбүттэр.
- 2011 — ХИФУ бастакы ректорыгар бөлүһүөк учуонай Авксентий Мординовка мэҥэ аһыллыыта буолбут.
- 2018 — Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын солотугар киирбит.
- 2020 — Карабаах иккис сэриитэ саҕаламмыт (ол сыл сэтинньи 10 күнүгэр түмүктэммит).
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1907 — Никита Канаев (23.10.1987 өлб.) — филология билимин кандидата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1929 — Никита Соломонов — өр сылларга Биология институтугар үлэлээбит, институт дириэктэригэр тиийэ улааппыт саха учуонайа, РСФСР уонна Саха АССР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ НА академига, РАН чилиэн-корреспондена, биология билимин доктора, профессор. Дьокуускай куоратын уонна Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1891 — Иван Гончаров (1812 төр.), нуучча суруйааччыта уонна литэрэтиирэ кириитигэ. «Фрегат „Паллада“» диэн кинигэтигэр Дьокуускайы ойуулаабыта. 1852 с. бу байыаннай фрегатынан Японияҕа устуутун саҕалаабыта, Англияҕа, Африкаҕа, Индонезияҕа иҥин сылдьан ааспыта, Японияттан төннөн иһэн 1954 сыллаахха Айааҥҥа кытылга түспүтэ уонна сиринэн Петербурга айаннаабыта, эһиилигэр олунньуга тиийбитэ.
|
- ↑ Б.Рустамбеков. 27 сентября в Азербайджане будет отмечаться «День памяти» погибших в карабахской войне(нууч.)(суох сигэ — история) (2 Ахсынньы 2020).
- ↑ Против корриды. Фестиваль Ганеша. Арест бандитов. Праздник франкоговорящего сообщества в Бельгии(нууч.)(суох сигэ — история). Тургутулунна 19 Балаҕан ыйын 2020.
- ↑ Laura Hickman Neis (1987). Ultra-Royalism and Romanticism: The Duc de Blacas's Patronage of Ingres, Delacroix, and Horace Vernet. University of Wisconsin--Madison. p. 249.