Ахсынньы 4
Тас көрүҥэ
Ахсынньы 4 диэн Григориан халандаарыгар сыл 338-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 339-c күнэ). Сыл бүтүө 27 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Арассыыйа — Арассыыйа информатикатын күнэ. 1948 сыллааха бу күн ССРС миниистирдэрин сэбиэтин аныгы техниканы киллэрэр Государственнай кэмитиэтэ электроннай ааҕар массыынаны айыы туhунан № 10 475 кумааҕыны И. С. Брукка уонна Б. И. Рамеевка биэрбит
- АХШ — Дойду үрдүнэн бэчиэнньэ күнэ
- Ииндийэ — Байыаннай флот күнэ
- Таиланд — Тулалыыр эйгэ күнэ
- Тонга — Тупоу I күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 771 — Франк хоруоллугун соҕотох баһылыгынан Улуу Карл буолбут. Кини кэмигэр франктар Арҕаа Европаны үксүн бас бэриннэрбиттэрэ.
- 1912 — Болгария, Греция, Сербия уонна Черногория Туурсуйаны кытта эйэлэһиигэ илии баттаан 2 ый тухары барбыт Бастакы Балкаан сэриитин тохтоппуттар[1].
- 1917 — Финляндия Арассыыйа импиэрийэтиттэн тутулуга суоҕун туһунан биллэрбит.
- 1918 — Саха уобалаһын кооперативнай уопсастыбаларын I сийиэһэ саҕаламмыт, ахсынньы 10 күнүгэр түмүктэммит. "Холбос" уобаластааҕы кооперативтар сойуустарын устааба ылыллыбыт, бырабылыанньа бэрэстээтэлинэн Кузьма Гаврилов талыллыбыт. Сийиэскэ "Саха уобалаһыгар потребительскай уопсастыбалар тустарынан" диэн Кузьма Гаврилов дакылаатын истибиттэр.
- 1927 — Горнай улууһун Мытааҕар, Бор алааһыгар конфедералистар холбоһуктаах мунньахтарыгар «Саҥа сахалар национальнай сэбиэскэй социалистыы орто уонна дьадаҥы бааһынайдар баартыйалара» («Младо-якутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства») тэриллибит.
- 1932 — ССРС-ка "тунеядецтарга уонна паразиттарга" ас карточкатын биэрбэт туһунан дэкириэт ылыныллыбыт.
- 1937 — ВКП(б) КК пленумугар НКВД салайааччыта Николай Ежов тыл этиитигэр Николай Бухарины уонна Алексей Рыковы сэбиэскэй былааһы утарар тэрилтэҕэ тэрилтэҕэ сыаннаахтарыгар буруйдаабыт.
- 1939 — сэбиэскэй бырабыыталыстыба Финляндия эйэлэһии кэпсэтиитин саҕалыырга этиититтэн батыммыт.
- 1943 — Аан дойду иккис сэриитэ: Югославияҕа утарылаһыы баһылыга маршал Иосип Броз Тито быстах кэм бырабыыталыстыбатын тэрийэр туһунан биллэрбит.
- 1948 — ССРС аныгы техниканы олоххо киллэрэр кэмитиэтэ Исаак Брук уонна Башир Рамеев электроннай ааҕар массыынаны айбыттарын туһунан 10475 нүөмэрдээх бэлиэтээһин оҥорбут.
- 1954 — АХШ-ка Майами куоратыгар бастакы Burger King диэн фаст-фуд ресторана аһыллыбыт.
- 1982 — Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ төрдүс билигин үлэлиир конституциятын ылыммыт.
- 1987 — ССРС миниистирдэрин сэбиэтэ кырыым татаардара Кырыымҥа уонна Краснодаар кыраайыгар пропискаланалларын хааччахтыыр туһунан уураах таһаарбыт.
- 1993 — Ахсынньы 4—8 күннэригэр Парижка, ЮНЕСКО штаб-квартиратыгар Былатыан Ойуунускай 100 сааһын бэлиэтээһин буолбут. Ол иһинэн М. Николаев уонна Саха сирин учуонайдара кыттыылаах билим кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыт, Саха сирин артыыстара икки тыһыынча олбохтоох саалаҕа кэнсиэр туруорбуттар, онно "Алмазы Якутии", "Ньургуһун" уонна "Кыталык" оҕо ансаамбыллара кыттыбыттар.
- 2017 — Калифорния Санта-Паула куоратын аттыгар уот турбут. Түмүгэр Вентура уонна Санта-Барбара уокуруктарын хаппыт Калифорнияҕа саамай бөдөҥ уот туруутугар кубулуйбута.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1747 — Александр Баранов (1819 өлб.), Хотугу Америкаҕа нуучча сэлиэнньэлэрин бастакы Сүрүн баһылыга (Главный правитель) (1790—1818 сс.), элбэх саханы онно көһөрөн үлэлэппитэ.
- 1883 — Михаил Тимофеев-Терешкин — саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, бэйиэт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944), экэнэмиис, этнограф.
- 1937 — Эдуард Алексеев — этномузыковед, искусствоведение дуоктара, СӨ Духуобунаһын Академиятын академига (1996).
- 1940 — Егор Ларионов — политик, Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин XII ыҥырыытын дьокутаата, Ил Түмэн I, II ыҥырыыларын дьокутаата, 1993—1998 сылларга Ил Түмэн бэрэстэбиитэллэрин Палаататын бэрэстээтэлэ, 1996—2001 сылларга РФ Федеральнай Мунньаҕар Федерация Сүбэтин чилиэнэ. Сунтаар улууһун уонна Нам улууһун ытык киһитэ.
- 1956 — Руслан Федотов — урбаанньыт, Ил Түмэн VI ыҥырыытын дьокутаата, Амма улууһун (2011 с.) уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ. Амма улууһун Амма, Чакыр, Маай, Болугур, Амма-Наахара уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун I-кы уонна II-с Наахара нэһилиэктэрин Ытык киһитэ.
- 1963 — Сергей Бубка — Украина ураҕаһынан ыстанааччыта. Бубка алта сыл устата Аан дойду чемпионаттарын кыайбыта, Олимпиадаҕа кыһыл көмүс мэтээли ылбыта уонна ураҕаһынан ыстаныыга 35 аан дойду рекордун олохтообута.
- 1986 — Уус-Алдан улууһугар киинэ өрөдьүссүөрэ Михаил Лукачевскай төрөөбүт («Там, где танцуют стерхи» — «Кыталыктаах кырдалым»).
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1131 — Омар Хайям (1048 төр.), перс бэйиэтэ, математик, бөлүһүөк.
- 1943 — Емельян Ярославскай — революционер, Хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС-ка итэҕэли утары хамсааһын салайааччыта. «Союз воинствующих безбожников» бэрэстээтэлэ. Кини 1913 с. бэс ыйын 14 (27) күнүттэн 1917 сыл ыам ыйыгар дылы Дьокуускайга көскө олорбута.
|
- ↑ Балканская война. 1912—1913 гг. — Издание Товарищества издательского дела и книжной торговли Н. И. Пастухова в Москве, 1914