Иһинээҕитигэр көс

Ахсынньы 23

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ахсынньы 23 диэн Григориан халандаарыгар сыл 357-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 358-c күнэ). Сыл бүтүө 8 күн баар.

  • Киһи сырдыгын күнэ (ааҥл. HumanLight) — ханнык да итэҕэлгэ, сыаркапка кыттыспатах дьон бу күн өйү, аһыныыны, киһилии быһыыны, инникигэ эрэли өрө тутан бэлиэтиир күннэрэ. Ороһооспону бэлиэтээбэт дьоҥҥо анаан бастаан тэриллибитэ
  • Ииндийэ Ииндийэ, Уттар Прадеш — Кисан Дивас
  • Эгиипэт Эгиипэт — Кыайыы күнэ
  • Миэксикэ Миэксикэ, Оахака — Редис түүнэ
  • Ньюфаундленд уонна Лабрадор Ньюфаундленд уонна Лабрадор — Тибб иннинээҕи күн
  • Соҕуруу Судаан Соҕуруу Судаан, Судаан Судаан — Оҕо көмүскэлин күнэ
  • Судаан Судаан — Сильвия ыраахтааҕы төрөөбүт күнэ, Былаах күнэ
  • Япония Япония — Сынньалаҥҥа олорор импэрээтэр төрөөбүт күнэ


  • 1900 — Семен Алексеев-Уустарабыс — олоҥхоһут, Горнай улууһун Ытык киһитэ.
  • 1940 — Александр Сафронов, Арассыыйа НА чилиэн-корреспондена, 2004 сылтан Саха сиринээҕи Наука киинин Президиумын бэрэссэдээтэлэ.
  • 1944 — Петр Пестряков — Саха үтүөлээх артыыһа.
  • 1962 — Аммаҕа Олег Сидоров — Амгинскай — суруналыыс, суруйааччы, публицист, чинчийээччи, ХИФУ суруналыыстыка хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, «Илин» сурунаал тутаах эрэдээктэрэ, СӨ Духуобунаһын Акадьыамыйатын чилиэнэ, 2015 сыллаахтан СӨ суруйааччыларын ассоциациятын бэрэстээтэлэ.
  • 1972 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга (Томпо) Сергей Баланов — саха тыйаатырын уонна киинэтин артыыһа.