Ахсынньы 10
Тас көрүҥэ
Ахсынньы 10 диэн Григориан халандаарыгар сыл 344-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 345-c күнэ). Сыл бүтүө 21 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ — Киһи быраабын күнэ
- Дойдулар ардыларынааҕы харамайдар (кыыллар) бырааптарын күнэ
- Аан дойдутааҕы футбол күнэ
- Марий Эл (Арассыыйа) — Мари суругун-бичигин күнэ
- Арассыыйа — Ис дьыала министиэристибэтин сибээс сулууспата тэриллибит күнэ
- Таиланд — Конституция күнэ
- Швеция — Альфред Нобель күнэ эбэтэр Нобельдаген
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1317 — «Нючёпинг чалҕарыына»: Швеция хоруола Биргер икки бииргэ төрөөбүттэрин албынынан Ороһооспону бэлиэтиир чалҕарыыҥҥа ыҥыран баран хаайталаан кэбиспит. Финляндия герцога Вальдемар уонна Сёдерманланд герцога Эрик хаайыыга аччыктаан өлбүттэрэ. Ол эрээри маны сөбүлээбэтэх дьон өрө туруутун түмүгэр Биргер хоруол Данияҕа күрээбитэ, Эрик үс саастаах уола хоруол буолбута.
- 1724 — Иркутскайдааҕы епископ III-үс Иннокентий Амма Солобуодатыгар умайбыт таҥара дьиэтин оннугар саҥаны тутарга уураах таһаарбыт.
- 1768 — Британия энциклопедиятын маҥнайгы таһаарыыта бэчээттэммит.
- 1799 — Франция уста официальнай кээмэйин быһыытынан метры ылыммыт.
- 1877 — Арассыыйа-Туурсуйа сэриитэ: Нуучча аармыйата Плевна куораты 5 ый төгүрүктээһин кэнниттэн ылбыт. 25 000 тыыннаах хаалбыт туурак бэриммит. Сэрии түмүктэнэригэр уонна Болгария босхолоноругар быһаарыылаах кыайыы буолбута.
- 1901 — Швеция киин куоратыгар Стокһольмҥа бастакы Нобель бириэмийэлэрэ анаммыттар.
- 1906 — АХШ бэрэсидьиэнэ Теодор Рузвельт Нобель Эйэҕэ бириэмийэтин тутан, Нобель бириэмийэтин ылбыт бастакы американец буолбут. Арассыыйа-Япония сэриитэ түмүктэнэригэр өрүттэри иллэһиннэрээччи буолбута.
- 1909 — Сельма Лагерлёф литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтин туппут бастакы дьахтар суруйааччы буолбут.
- 1930 — «О новом административно-территориальном районировании в Якутской Автономной Социалистической Республике» диэн ЯЦИК уурааҕынан Булуҥ уокуруга суох оҥоһуллубут. Ити күҥҥэ «Об организации национальных объединений в районах расселения малых народностей Севера» уурааҕынан национальнай оройуоннар тэриллибиттэр, ол иһинэн урукку Булуҥ уокуругун сиригэр: Анаабыр национальнай (эбээн), киинэ — Удьаа; Булуҥ национальнай (эбээн), киинэ — Булуҥ; Эдьигээн национальнай (эбээн), киинэ — Эдьигээн. Ону кытары тэриллибиттэрэ: Саха сирин арҕаа өттүгэр Бүлүү-Марха национальнай (эбээн) оройуона, киинэ — Чуона өрүһүн төрдүгэр, 1931 сыллаахтан Садын оройуона; уонна соҕуруу өттүгэр Тукулаан национальнай оройуона (эбээн), киинэ — Алдан өрүһүгэр Томмот аттыгар.
- 1930 — РСФСР иһигэр Остяк-Вогул, Ямал-Ненец, Таймыыр (Дулгаан-Ненец), Эбэҥки, Витим-Өлүөхүмэ (Эбэҥки), Чукотка, Коряк уонна Лаамы-Эбээн национальнай уокуруктара тэриллибиттэр. Бу уокуруктарга элбэх сир Саха АССР-тан таһаарыллыбыта, кэлин сорох уокуруктар эһиллибиттэрин кэннэ ол сирдэр ыаллыы сытар эрэгийиэннэр састааптарыгар киирбиттэрэ.
- 1932 — Таиланд конституциялаах монархияҕа кубулуйбут.
- 1948 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Киһи быраабын биирдэһиллибит декларациятын ылыммыт.
- 1951 — "Правда" хаһыакка "Саха литературатын устуоруйатын сөпкө сырдатар туһугар" диэн Семен Борисов ыстытыйата бэчээттэммит. Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа уонна Николай Неустроев туcтарынан "Три якутских просветителя-реалиста" диэн кинигэ ааптара Георгий Башарин устуоруйаны фальсификациялыырга буруйдаммыта.
- 1960 — Илиҥҥи Дьобуруопаҕа «Дружба» нефтепровод тутуута Альметьевскай куоракка (татаардыы Әлмәт) саҕаламмыт. ССРС-тан Венгрияҕа, ГДР-га, Польшаҕа уонна Чехословакияҕа ньиэби илдьэр турбаны тутар туһунан 1958 с. СЭВ X сиэссийэтигэр быһаарбыттара. 1964 сыл алтынньытыгар тутуу сүнньүнэн түмүктэммитэ.
- 1984 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Пытка утары конвенцияны билиммит.
- 1996 — Нельсон Мандела Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтин саҥа конституциятыгар илии баттаабыт. Бу дойдуга мантан ыла раасалар тэҥ бырааптаммыттар.
- 1997 — Казахстан киин куората Алматыттан Акмолаҕа (Нур-Султааҥҥа) көһөрүллүбүт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1805 (сенат уурааҕар суруллубутунан) — Василий Федоров - Манчаары Баһылай — бэйэтин киһи быһыытынан дьоһунун көмүскээн номоххо уонна саха устуоруйатыгар киирбит киһи. Маны таһынан кини ырыалара устуоруйаҕа бастакы ааптара биллэр сахалыы уус-уран айымньыларынан билиниллиэхтэрин сөп.
- 1815 — Ада Лавлейс — Англия математига. Чарльз Бэббидж суоттуур массыынатын ойуулаабытынан уонна бастакынан программа суруйбутунан биллэр.
- 1821 — Николай Некрасов — бэйиэт, прозаик, публицист, нуучча литэрэтиирэтин классига.
- 1890 — Ахмад-Заки Валиди-Тоҕан (Валидов) — бэлиитикэ диэйэтэлэ, башкиир омугун босхолонор хамсааһын баһылыга (1917—1920 сс.); публицист; историк, востоковед-тюрколог, бөлөһүөпүйэ дуоктара (1935), профессор, Манчестер университетын бочуоттаах дуоктара (1967).
- 1897 — Максим Аммосов — сэбиэскэй судаарыстыба уонна баартыйа диэйэтэлэ. Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ буоларыгар сүҥкэн оруоллаах. Биэс сыл Казахстааҥҥа үлэлээбитэ, өлүөн иннинэ Кыргыстааны салайбыта.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1896 — Альфред Нобель — Швеция учуонайа, инженера, сэрии сэбин оҥорооччута. Динамиты айбытынан уонна Нобель бириэмийэтин олохтообутунан киэҥник биллэр.
- 1917 — Прокопий Сокольников — саха бастакы идэтийбит бырааһа, уопсастыбаннай диэйэтэл, сырдатааччы.
- 1935 — Алексей Пономарев — Мэҥэ-Хаҥалас Мэлдьэхситин олохтооҕо, 128 сааһыгар тиийбит ытык кырдьаҕас.
- 1964 — Павел Кугаевскай — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
|