Алтынньы 7
Тас көрүҥэ
Алтынньы 7 диэн Григориан халандаарыгар сыл 280-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 281-c күнэ). Сыл бүтүө 85 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Аан дойдуга Космос нэдиэлэтэ салҕанар (алтынньы 4–10 күннэрэ)
- Арассыыйа — ИДьМ (МВД) штабын подразделениеларын төрүттэммит күннэрэ
- Лаос — Учуутал күнэ
Устуоруйаҕа хаалбыт бэлиэ күннэр
- ССРС — Конституция күнэ (1977—1991 сыллардаахха бэлиэтэммитэ)
- ГДР — Өрөспүүбүлүкэ күнэ (дойду үөскээбит күнэ, 1949)
Түбэлтэлэр
- 1604 — Сибииргэ Томь өрүс үрдүгэр остуруок тутан бүтэрбиттэр. Бу күнү Томскай куорат төрүттэммит күнүнэн ааҕаллар.
- 1905 — Бүтүн Арассыыйатааҕы бэлиитикэ стачката саҕаламмыт.
- 1920 — Британияҕа бастакы сүүс дьахтар Оксфорд университетыгар ылыллыбыттар.
- 1925 — Саха сирин бастакы тырахтарыыстара Борис Попов уонна Яков Эстеркес Харьков куоракка тырахтарыыс кууруһун үөрэнэн бүтэрбиттэр[1].
- 1942 — Аляска (АХШ) Ном уонна Фэрбенкс куораттарыттан бастакы лендлиз сөмүлүөттэрэ Сэбиэскэй Сойууска көппүттэр. Штурваалга сэбиэскэй лүөччүктэр олороллоро. Бу күнтэн "Фэрбенкс—Дьокуускай—Красноярскай" тыраасса аһыллыбыта.
- 1949 — Сэбиэскэй Сойуус оккупациялыыр зонатыгар Германия Демократическай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит.
- 1959 — «Луна-3» хараабыл аан бастаан Ыйы эргийэ көппүт. Аппараат Ый кэннин хаартыскаҕа түһэрэн Сиргэ ыыппыт.
- 1966 — Кытай устудьуоннарын түөрэлэрин ССРС-тан дойдуларыгар ыыппыттар.
- 1977 — ССРС саҥа, «Брежнев кэминээҕи» конституцията ылыллыбыт.
- 1987 — сикхтэр Халистан Ииндийэттэн тутулуга суоҕун биллэрбиттэр; аан дойду таһымыгар бу билиниллибэтэҕэ.
- 1993 — Арассыыйаҕа № 1 Пост Ленин мавзолейыттан Биллибэт Саллаат уҥуоҕар көһөрүллүбүт.
- 2001 — АХШ сэриилэрэ «Тулхадыйбат көҥүл» диэн операция чэрчитинэн Афганистаҥҥа саба түспүттэр. Икки ыйынан ахсынньы 7 күнүгэр Талибан бүтэһик улахан куората Кандагар сууллубутугар сэрии сүрүн кэрдииһэ түмүктэммит. Ол эрэн бартыһаан сэриитэ тохтооботоҕо. АХШ сэбилэниилээх күүстэрин 2014 сыллаахха Афганистантан сүрүннээн таһаарбыта. Бу АХШ устуоруйатыгар саамай уһун сэрии, Афганистан 1978 сыллаахтан салҕанар гражданскай сэриитин сорҕото буолар.
- 2003 — АХШ-га Калифорния штаатын күбүрүнээтэринэн киинэ артыыһа Арнольд Шварценеггер талыллыбыт.
- 2008 — Саха сирин суруйааччыларын сойууһун XV сийиэһэ буолбут. Бэрэстээтэлинэн норуодунай бэйиэт, "Саха сирэ" хаһыат тутаах эрэдээктэрэ Наталья Харлампьева саҥа болдьоххо талыллыбыт. Отчуоттуур биэс сылга сойууска 13 саҥа чилиэн киирбит, отчуокка этиллибитинэн суруйааччылар орто саастара 58 сыл буолбут, сойууска киирэр суруйааччылар 205 кинигэлэрин "Бичик" кинигэ кыһата таһаарбыт, саха тылынан 11 арамаан суруллубут.
Төрөөбүттэр
- 1885 — Нильс Бор — Дания физигэ, Нобель бириэмийэтин лауреата (1922).
- 1929 — Герман Денисов — тыа хаһаайыстыба билимин хандьыдаата, биология дуоктара,
- 1936 — Андрей Пахомов (31.12.2001 өлб.) — Саха АССР культурнай тутулун чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1939 — Юрий Готовцев — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин X, XI, XII ыҥырыыларын Норуот дьокутаата, Ил Түмэн III ыҥырыытын дьокутаата.
- 1949 – Валерий Петров – хирург быраас, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэлээх. 2005 сылтан өр сылларга СӨ Мэдиссиинэҕэ киинин салайбыта.
- 1952 — Владимир Путин — 2000-2008 сылларга уонна 2012 сылтан ыла Арассыыйа бэрэсидьиэнэ, 2008-2012 сылларга премьер миниистир.
Өлбүттэр
- 1849 — Эдгар Аллан По — Эмиэрикэ суруйааччыта, бэйиэтэ, литературнай критигэ уонна редактора. Саамай биллибит айымньылара — кутталлаах кэпсээннэр.
- 1977 — Василий Семенов (03.04.1916 төр.) — Ойуунускай айар үлэтин үөрэппит чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата, литературовед.
- 1990 — Варвара Трофимова — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Бүлүү улууһун «Дьокуускай» сопхуос ыанньыксыта, Бүлүү улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1999 — Семен Борисов — Саха сиригэр ил уонна баартыйа биллиилээх диэйэтэлэ, 1939—1941 сылларга көһөрүү наркома. Украинаттан уонна Белоруссияттан дьону көһөрүүнэн дьарыктаммыта, ону кытары кини салайыытынан Чурапчы көһөрүүтэ буолбута.
|
- ↑ Пантелеева И.Д., Гусева Н.В. Время выбрало нас: 75-летию Якутского индустриально-педагогического колледжа посвящается. — Якутск: Якутский край, 2009. — С. 16. — 272 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-89053-103-2